АЙЫЛҔАТТАН АРЧЫЛАММЫТ ВИТАЛИЙ ОЧИРОВ
Kynat TV Kynat TV
5.13K subscribers
27,038 views
478

 Published On Feb 27, 2019

Алгыстаах ырыанан бар дьону арчылыыр Виталий Очиров тыа сиригэр олорорун сөбүлүүр. Талах курдаах буолабын диэн ыллыыр ырыаһыт талах олоппоско олорон алгыс абылыыр күүһүн, киһи бэйэтэ хайдах ыраастанарын, алгыстанарын туһунан кэпсээтэ. Кыһыҥҥы түүн 50 кыраадыс тымныыга мууһурбут баттахтаах, сыгынньах оҕо... Абааһы дуу, киһи дуу... Түүл дуу, илэ дуу? Ол түгэни сиhилии бу таһаарыыга көрүҥ. Айылҕаттан айылгылаах, Сир Ийэттэн иэйиилээх артыыс мааны тусаһатыгар, алаһа дьиэтигэр алаадьы сыта дыргыйар, буспут миин сыта муннуга саба биэрэр. Көмүс ньээкэ иһигэр борбуйун көтөҕө илик уолчаан күлэр-үөрэр саҥата иһиллэр, сандалы хотойорунан саха аһа тардыллыбыт. Саха мааны ыалыгар ыалдьыттыаҕыҥ. @kynat_tv үтүүп ханаалыгар киирэн көрүҥ, дууһалыын сылаамньыйыҥ, налыйан-уоскуйан ылыҥ.

show more

Share/Embed